Мастер-класс по финансовой грамотности – 26 января
АО НИК «Айар» приглашает Вас посетить мастер-класс по финансовой грамотности
Мастер-класс 7 эффективных способов накопить нужную сумму и увеличить капитал
Харчыны халыҥатар, үбү үлүннэрэр 7 ньыма.
7 эффективных способов накопить нужную сумму и увеличить капитал.
Тохсунньу 26 күнүгэр, бээтинсэҕэ, 17:00 чааска бар дьоммутун көрсүһүүгэ ыҥырабыт.
Билиҥҥи кэмҥэ үгүс киһини долгутар тиэмэ – харчы тула кэпсэтиэхпит: хайдах баар сууманы уурунабын, сүтэрбэккэ үлүннэрэбин, сыалбын, баҕа санаабын толоробун, хантан эбии дохуоттанабын диэн ыйытыыларга хоруйдуохпут.
Көрсүһүүнү ыытыахтара Аполлинария Дегтярева, «Аргыскредит» хампаанньа үлэһитэ уонна Ирина Жалилова, «Айар» хампаанньа атыы-эргиэн салаатын салайааччыта.
Кыттыбыт ыалдьыттарбытыгар «Финансовай грамотность» куурсу оонньотуохпут.
Буолар сирэ уонна бириэмэтэ:
Дьокуускай, Курашов аатынан уулусса 24 дьиэтэ, «Бичик+» маҕаһыын.
17:00 чаастан
Киирии босхо. Суруйтарар нүөмэргит WhatsApp
Бээтинсэ киэһэҕин Айардыын туһалаахтык атаар!
Мастер-классы и курсы
https://afisha.yakutia.ru/masterklassy-i-kursy/