«МЭЛДЬИ БИИРГЭ…» – 8 Марта
Кулун тутар 8 күнүгэр Гагарин аатынан култуура уонна искусство киинигэр киэһэ 19.00 чаастан саха эстрадатын күүстээх куолаһа СЕРАФИМ “Мэлдьи бииргэ” диэн айар үлэтин 25 сылын бэлиэтиир дьоро киэһэтигэр ыҥырабыт!
Бу эрэ киэһэ эһиги дуоһуйа истиэххит дьиэ кэргэн, таптал, дойду ахтылҕанын, аар айылҕабыт туһунан сүрэхтэн тахсар истиҥ иэйиилээх ырыалары.
Кэрэ киэһэҕэ кыттыыны ылыахтара доҕотторо, дьиэ кэргэнэ.


