Ойдом үүммүт хахыйах 21 марта
Варвара Потапова – устар ууну сомоҕолуур уран тыл ууһа, саха дьахталларыттан маҥнайгы поэтесса.
Кини уолбат ойбон курдук санаа ситимнэриттэн турар ураты, ардыгар киһиэхэ дэбигис өйдөммөт, уйадытар, толкуйдатар, сороҕор күүстээх психологическай, дириҥ анаарыылаах, философскай айымньылардаах. Ол иһин даҕаны, Варвара Потапова дьахтар айылгытын кэпсиир, ис туругун, дууһатын ырыатын, ис иэйиитин арыйар хоһоонноро атын хоһоонньуттар быыстарыгар күлүктэнэн хаалбакка, олох сүүрүгүттэн иҥнибэккэ, сахабыт дьонун абылыыр ураты күүстээхтэр… Кинини саха поэзиятыгар “курус санаа генийэ”, “кутурҕан куо” диэн ааттыыллара.