Олоҥхо балаҕана — ахсынньы 2 күнүгэр
Олоҥхо декадатын чэрчитинэн ахсынньы 2 күнүгэр күнүс 15.00 ч. Саха музейа куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын Олоҥхо балаҕаныгар ыҥырар.
Бу күн саха балаҕаныгар Прокопий Ядрихинскай-Бэдьээлэ «Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр» олоҥхотуттан быһа тардыыны Олоҥхо театрын артыыһын, өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыахтарын кыайыылааҕын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын бирииһигэр «Уруйдан, улуу олоҥхобут» быйылгы күрэс муҥутуур кыайыылааҕын Яна Нюргусова толоруутугар истиэхпит.
Арыылаах алаадьылаах, итии үүттээх чэйдээх, көмүлүөк оһох тула оллоонноон олорон олоҥхо алыптаах эйгэтин атаарыаҕыҥ!
6+
Аадырыспыт: Ленин пр. 5/2, 1 к. (Саха музейын балаҕана)
_Киирии билет – улахан дьоҥҥо 300 солк., оҕолорго, устудьуоннарга 200 солк. (Пушкин картатынан билет ссылката https://vmuzey.com/event/ekskursiya-materialnaya-kultura-narodov-yakutii)._
Суруйтарыы: 42-51-74
Саха музейа MAX-ка https://max.ru/id1435030820_gos
МАХТАЛ