Спектакль “Сахалар ааттарыттан” – 26 сентября
Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын күнүгэр Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра Софрон Данилов «Сахалар ааттарыттан» драматынан испэктээкили көрдөрүө
Муус устар 26 күнүгэр, РФ култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ Матрена уонна Алексей Павловтар салайааччылаах Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра Софрон Данилов «Сахалар ааттарыттан» пьесатынан испэктээкили көрдөрүө.
Саха литературатыгар Софрон Данилов «Сахалар ааттарыттан» историческай, героическай драмата биир ураты, улахан айымньы быһыытынан биллибитэ. Манна М.К. Аммосов олоҕун-дьаһаҕын уонна үлэтин-хамнаһын туһунан кэпсэнэр. Ханнык баҕарар уус-уран литература айымньытын курдук, пьесаҕа дьиҥнээх олохтон чахчылар уонна ааптар тус бэйэтэ айан биэрбит быһылааннара, түгэннэрэ кэпсэнэллэр.
Максим Кирович Аммосов – уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл, Саха Өрөспүүбүлүкэтин автономиятын дьаныардаахтык туруулаһан, бастакынан олук ууран олохтоспут киһи. Ол саҕана, кини доҕотторо, саха чулуу уолаттара П. Ойуунускай, И.Барахов, С.Аржаков, С. Васильев уонна да атыттар биир өйдөөх санаалаах, биир сомоҕо буола түһэн элбэх утарсыылары, мөккүөрдэри туораан саха норуотун дьылҕатын быһааран сайдар суолга киллэрбиттэрэ.
История чахчыларыгар олоҕурбут матырыйаал бары көлүөнэ көрөөччүлэргэ тиийимтиэ гына туруорулунна. Хас биирдии хартыынаҕа тыйаатырга кестер атын-атын истиил уонна форма туттулунна, ол курдук – абстракционизм, күлүктээх (теневой) тыйаатыр, оонньууну классическай ньыманан тиэрдии.
Режиссер – Антон Ботаков.
Сценография уонна көстүүм – СӨ култууратын туйгуна Прасковья Павлова.