Спектакль “Кэ5э” (хотугу норуоттар остуоруйаларынан) – 22 марта
“Кэҕэ” (Кэ5э) – истигэнэ суох оҕолор тустарынан хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар биир бастыҥ остуоруйалара.
Аһыныгаһа суох, киһи көрдөһүүтүн толорбот, аанньа ахтыбат, бэйэмсэх оҕолору ийэлэрэ быраҕан, кэҕэ буолан кубулуйан, көтөн барар. Биһиги бары бу айымньыны кыра эрдэхпититтэн истэн, төрөппүттэрбитин ытыктыы, таптыы улааппыппыт. Ол эрээри, билиҥҥи даҕаны кэмҥэ, ийэлэрин истибэт, ыарыйдахтарына, кырыйдахтарына көрбөт оҕолор бааллар эбит. Онон, бу айымньы күн бүгүҥҥэ диэри сүҥкэн суолтатын сүтэрбэт, өссө даҕаны дьону үтүө санаалаах, аһыныгас уонна амарах буоларга үөрэтэ, ыҥыра турар.
Место проведения: Дом народного творчества им. Д.Ф. Ходулова (с.Майя)
Гастроли Театра юного зрителя г. Якутска